Текст песни
Для этой песни доступен текст без караоке-подсветки.
Дьылбыт эргиир дьиктилэрдээx Дьырылатар дьыбардардаах Дьирибиниир дьүкээбиллээх Дьэрэкээннээх күөх сирэмнээх Талба талыы талааннардаах Мандар Уустаах Ураһалаах Байанайдаах булчуттардаах Бастыҥ күүстээх бөҕөстөрдөөх Арчыланар харысхаллаах Хорсун хоодуот ыччаттардаах Таптыыр дойдум Сахам Сирэ Тахсар күннээх Сахам Сирэ Айыы дойдум Сахам Сирэ Алгыстаннын Сахам Сирэ Өбүгэттэн Өрөгөйдөөх Үрүҥ Тунах ыһыахтардаах Лыҥкыр ыллыыр кырыымпалаах Уйан хомус дьүрүскэннээх Дуораһыйар олоҥхолоох Ойор тэбэр оһуокайдаах Аан дойдуга албан ааттаах Саргыланар аартыктардаах Төлкөлөнөр эрэллэрдээх Кэнчээритэ кэскиллэрдээх Алгыс сиэрдээх таптал уота Дьоһун дьонноох дьол уйата Сайдар аптаах дьикти күүһэ Туоллун уохтаах кымыһа Таптыыр дойдум Сахам Сирэ Тахсар күннээх Сахам Сирэ Айыы дойдум Сахам Сирэ Алгыстаннын Сахам Сирэ
Юана, Валерий Данилов — Алгыстаннын Сахам сирэ
«Алгыстаннын Сахам сирэ» — Юана, Валерий Данилов. Читайте текст песни, слушайте запись онлайн бесплатно или скачайте mp3. Длительность записи — 3:29. Жанр — Поп.
