Текст песни
Для этой песни доступен текст без караоке-подсветки.
Уол оҕо буолан төрөөбүт Ытык иэскитин толоро Бардыгыт ыҥырыы тутаҥҥыт Дойдубут көҥүлүн көмүскүү Ким түһээн биттэнэн билбитэй Бу дьоллоох эйэлээх олоххо Соһуччу сэрии диэн сурах Хас биирдии сүрэҕи аймыаҕын Бардыгыт хотугу хотойдор Бар дьоҥҥут алгыһын ылаҥҥыт Этэҥҥэ эргиллэн кэлиэххит Төрөөбүт түөлбэҕит кэтэһэр Урааҥхай удьуора буолаҥҥыт Өбүгэ алгыһа куйаххыт Арчылыы сылдьыаҕа мэлдьитин Ханнык да соһумар түгэҥҥэ Саалаахтан самнымаҥ Охтоохтон охтумаҥ Дурдабыт хаххабыт Эр хоһуун уолаттар
Максим Маар, Валерий Данилов — Хотугу хотойдор
«Хотугу хотойдор» — Максим Маар, Валерий Данилов. Читайте текст песни, слушайте запись онлайн бесплатно или скачайте mp3. Длительность записи — 4:16. Жанр — Поп.
