Текст песни
Для этой песни доступен текст без караоке-подсветки.
Күннэтэ хагдаҥ от тэлгэнэн Күһүммүт сайыны үтэйэн Көмүстээх мөһүүрэ симэххэ сууланан Курус тыын күлүгүн санньытта куустаран Сайыным бүтэһик итиитин Саһарбыт сэбирдэх түһэрин Сайыһа хаалардыы өр көрөн олордум Солкоҕо сууламмыт ойууртан дуоһуйдум Чараҥҥа киирэммин көччүйдүм Иһирэх турукка көтүстүм Хатыҥым суугунун иһиттим Чэпчээммин ис куттуун сэгэйэ дэгэйдим Бу маннык нуһараҥ күһүҥҥэ Сэбирдэх суугунун иһиттим Бүтэйдии уоскуйан дьиктилээх түгэҥҥэ Бараммат түбүктэн бүгэммин иһийдим
Надина Эдьпис, Валерий Данилов — Күһүҥҥү нуһараҥ
«Күһүҥҥү нуһараҥ» — Надина Эдьпис, Валерий Данилов. Читайте текст песни, слушайте запись онлайн бесплатно или скачайте mp3. Длительность записи — 3:07. Жанр — Поп.
