Текст песни
Для этой песни доступен текст без караоке-подсветки.
Киэҥ сирим иэнигэр дойдубут сиригэр Өстеехтөр түспүттэр сэриинэн киирбиттэр Эр киһи хомунна алаастан аттанна Дойдутун көмүскүү сэриигэ турунна Ийэтэ оҕотун кийиитэ кэргэнин Сэрииттэн өлбөккө кэлэрин алҕаата Ийэ сир көрдөһөр күн тура көрдөһөр Этэҥҥэ буоларын эргиллэн кэлэрин Үс муннук сурукпут саллааттан сурахпыт Хомотто киһини оо туппут кинини Ийэбит баар суоҕун дьиэ кэргэн аҕатын Суох буолтун иһиттэ сүрэҕэ хам тутта Ыар сүтүк аһыыта ыгыта туппахтыыр Кутурҕан хаһыыта алааска сатарыыр Төһөлөөх сүтүгү уйунна Сир Ийэ Кистээтэ өлүгү харайда сир үрдэ Ол сэрии аастар да ыраата хааллар да Санатар бэйэтин ыарыыта тэйбэтин Манныкка тиийимиэх олоҕу олоруох Сэриини билимиэх эйэнэн олоруох
Владимир Жирков, Валерий Данилов — Сэриини билимиэх
«Сэриини билимиэх» — Владимир Жирков, Валерий Данилов. Читайте текст песни, слушайте запись онлайн бесплатно или скачайте mp3. Длительность записи — 3:28. Жанр — Поп.
