Текст песни
Для этой песни доступен текст без караоке-подсветки.
Ол ыраах көстүбэт урсуҥҥа дуорайа Киэҥ куйаар дойдуга көтүһэ дуоһуйа Олоҥхо тойуга иһиллэр доргуйа Үйэни уҥуордаан ыраахтан угуйа Устар уу сомоҕо номоҕор кыттыһа Оһуордаах мандардаах ырыаҕа суулаһа Илгийэр сүмэлээх тыллара субуһа Көтөллөр алыптаах тойуктар солбуһа Ол ырыа илбистээх иччилээх дуораана Үөһэттэн кутуллар дьиктилээх дорҕооно Ааспыт кэм аартыгын сэрэнэн силэйдэ Өбүгэм илдьитэ алгыстыы дьиэрэйдэ Бу маннык түгэҥҥэ турабын долгуйан Кынаттаах ырабар көтүһэ талбааран Истэбин бу тыыннаах илдьити манньыйан Ахтылҕан биһигэр бүгэбин ууллуһан
Сардана Трофимова, Валерий Данилов — Өбүгэ илдьитэ
«Өбүгэ илдьитэ» — Сардана Трофимова, Валерий Данилов. Читайте текст песни, слушайте запись онлайн бесплатно или скачайте mp3. Длительность записи — 3:23. Жанр — Гранж.
